Рубрика: <span>Новости</span>

“Долгун” радиоҕа “Ийэҕэ махтал” литературнай биэрии

Алтынньы 16 күнүгэр олохтоох “Долгун» радиоҕа Ийэ күнүгэр аналлаах “Ийэҕэ махтал” литературнай биэрии  эфиргэ таҕыста. Биэриигэ Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтин иһинэн үлэлиир “Татыйык” литературнай түмсүү оҕолоро, Сунтаар Владимир Павлов аатынан алын сүһүөх оскуолатын 2 “а”, 3 “в” уонна 2 ”в“ үөрэнээччилэрэ ийэлэрин эҕэрдэлээн ырыа ыллаатылар, хоһооннору аахтылар.

Оҕо тапталлаах суруйааччыта Иван Мигалкин  70 сыла.

Бүгүн, бэс ыйын 26 күнүгэр, Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай поэта, тылбаасчыт, оҕо суруйааччыта Иван Васильевич Мигалкин төрөөбүтэ 70 сылыгар аналлаах литературнай утренник буолла. Бу тэрээһиҥҥэ «Кэскил» оҕо сынньалаҥ площадкатын оҕолоро кэлэн кыттыыны ыллылар. Библиограф Иванова С. Д. суруйааччы олоҕун, айымньыларын уонна араас сэдэх кинигэлэри, значоктары коллекциялаабытын туһунан кэпсээтэ. …

Саҥа кинигэ сүрэхтэннэ

Бэс ыйын  25 күнүгэр С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан УНК конференц-саалатыгар ыытыллыбыт кинигэ сүрэхтэниитигэр үгүс ыҥырыылаах ыалдьыт сырытта.  Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо саас сылын чэрчитинэн, биһиги Сунтаарбыт улууһугар таһаарыылаахтык үлэлии турар  “Корона” фирма салайааччыта Надежда Львова бырайыагынан, оҕолорго аналлаах “Маайыс уонна эһэ” остуоруйа кинигэ сүрэхтэниитэ олус  сэргэхтик ыытылынна. Оҕо …

Е. В. Слепцова – Куорсуннаах 60 сааһыгар бибилэтиэчинэй уруок

Бэс ыйын 17 күнүгэр Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтигэр поэт, прозаик, СӨ үтүөлээх артыыһа, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ  Елена Васильевна Слепцова – Куорсуннаах  60 сааһыгар аналлаах  “Хомуһуннаах хоһооннор, кистэлэҥнээх кэпсээннэр” диэн бибилэтиэчинэй уруок ыытылынна. Сүрүннүүр бибилэтиэкэр Павлова Римма Николаевна Сунтаар В. Г.  Павлов  аатынан алын сүһүөх оскуолатын иһинэн үлэлиир “Саха сайдам оҕото” …