Е. В. Слепцова – Куорсуннаах 60 сааһыгар бибилэтиэчинэй уруок

Е. В. Слепцова – Куорсуннаах 60 сааһыгар бибилэтиэчинэй уруок

Бэс ыйын 17 күнүгэр Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтигэр поэт, прозаик, СӨ үтүөлээх артыыһа, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ  Елена Васильевна Слепцова – Куорсуннаах  60 сааһыгар аналлаах  “Хомуһуннаах хоһооннор, кистэлэҥнээх кэпсээннэр” диэн бибилэтиэчинэй уруок ыытылынна. Сүрүннүүр бибилэтиэкэр Павлова Римма Николаевна Сунтаар В. Г.  Павлов  аатынан алын сүһүөх оскуолатын иһинэн үлэлиир “Саха сайдам оҕото” лааҕыр о5олоругар суруйааччы Е. В. Слепцова –Куорсуннаах олоҕун, айар үлэтин кэпсээтэ. Суруйааччы биир саамай дьоһун үлэтинэн П. А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун кэпсээн майгытынан оҥорбута буолар. Бибилэтиэчинэй уруок түмүгэр оҕолор “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону куукуланан туруорууну сэҥээрэн көрдүлэр.

Суруйда кылаабынай бибилэтиэкэр Марфа Спирова