Саҥа кинигэ сүрэхтэннэ

Саҥа кинигэ сүрэхтэннэ

Бэс ыйын  25 күнүгэр С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан УНК конференц-саалатыгар ыытыллыбыт кинигэ сүрэхтэниитигэр үгүс ыҥырыылаах ыалдьыт сырытта. 

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо саас сылын чэрчитинэн, биһиги Сунтаарбыт улууһугар таһаарыылаахтык үлэлии турар  “Корона” фирма салайааччыта Надежда Львова бырайыагынан, оҕолорго аналлаах “Маайыс уонна эһэ” остуоруйа кинигэ сүрэхтэниитэ олус  сэргэхтик ыытылынна.

Оҕо билиитэ – көрүүтэ кэҥииригэр, тыла-өһө сайдарыгар, сытыы булугас өйдөөх буоларыгар остуоруйа сабыдыала сүрдээх улахан. Остуоруйа оҕону киһи быһыытынан, майгы-сигили өртүнэн иитэргэ көмөлөһөр, оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар. Маны таһынан остуоруйа оҕо тылын саппааһын, саҥарар саҥатын байытарга төрөөбүт тылыгар иитэргэ көмөлөһөр.

 “Маайыс уонна эһэ” оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго аналлаах остуоруйа кинигэ олус үчүгэй уруһуйдардаах, оҕо төрөппүтүн кытары ааҕарыгар сөптөөх. Москва куоракка  “Перо” кинигэ кыһатыгар үс  араас кээмэйинэн 1100 экз. бэчээттэнэн тахсыбыт.

 “Маша и медведь” нуучча остуоруйатын Сунтаартан биир дойдулаахпыт Сардаана Омукова – Тууйака сахалыы тылбаастаабыт, уруһуйун Снежана Милютина ойуулаабыт. Онтон  кинигэ ис тутулун Сунтаар кыыһа Лена Семенова оҥорбут.

Бу кинигэ дьоруойдара биһиги ортобутугар баар дьоммут уобарастара  уруһуйдаммыт. Ол курдук  кыысчаан эһэтэ Надежда Григорьевна аҕатын хаартыскатыттан түһэриллибит. Оттон Маайыс кыысчаан Сунтаар  култууратын эйгэтигэр үлэлиир Евдокия Сивцева оҕо эрдэҕинээҕи хаартыскатыттан ойууламмыт. Маайыс кыысчаан таҥаһа Евдокия оҕо сылдьан сахалыы таҥастаах түспүт хаартыскатыгар баар оһуордара, киэргэллэрэ кытары үүт-үкчүлэр.

Бу кинигэ саха төрүт таҥаһынан уруһуйданан, тылбаастанан кыра оҕолорго дьиэ кэргэнинэн ааҕарга, оҕо уһуйаанын иитээччилэригэр төрүт таҥаһы кыра оҕо саастарыттан билэллэригэр, оҕо тылын сайыннаралларыгар ананар.

Сунтаар улууһун социальнай–имиджевай политикаҕа улуус баһылыгын солбуйааччыта Еремеев Гаврил Михайлович,  Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын координационнай салаатын сэбиэдиссэйэ Трифонова Анна Вячеславовна, Сунтаардааҕы ”Матери России” общественнай түмсүү салайааччытын солбуйааччыта Максимова Евдокия Андреевна, Л. Попов аатынан Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэ салайааччыта Жиркова Изабелла Ивановна, Н.Родионова аатынан Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин директора Антонова Ангелина Владимировна Надежда Григорьевнаҕа өссө да сонун бырайыактары киллэрэн, оҕолорго элбэх кинигэтэ таһаара турарыгар баҕа санааларын  эттилэр. Маны таһынан кэлбит ыалдьыттар кинигэни олус сэргээтилэр, санааларын  үллэстэн бардылар. Кырачаан ааҕааччыларбыт   ырыа ыллаан, хоһоон ааҕан  дьоро күнү  киэргэттилэр.

“Маайыс уонна эһэ” кинигэ сүрэхтэниитин түмүгэр Надежда Григорьевна  минньигэс  тордунан ыалдьыттары күндүлээтэ.