Оҕо тапталлаах суруйааччыта Иван Мигалкин  70 сыла.

Оҕо тапталлаах суруйааччыта Иван Мигалкин  70 сыла.

Бүгүн, бэс ыйын 26 күнүгэр, Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай поэта, тылбаасчыт, оҕо суруйааччыта Иван Васильевич Мигалкин төрөөбүтэ 70 сылыгар аналлаах литературнай утренник буолла. Бу тэрээһиҥҥэ «Кэскил» оҕо сынньалаҥ площадкатын оҕолоро кэлэн кыттыыны ыллылар. Библиограф Иванова С. Д. суруйааччы олоҕун, айымньыларын уонна араас сэдэх кинигэлэри, значоктары коллекциялаабытын туһунан кэпсээтэ.

Сүрүннүүр бибилэтиэкэр Павлова Р. Н. суруйааччы көрдөөх хоһооннорун, остуоруйаларын ааҕан иһитиннэрдэ уонна айымньыларыттан  араас боппуруостары биэрдэ. Бу кэннэ бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ  Иван Мигалкин «Куоска уонна кутуйах» диэн остуоруйатын куукуланан испэктээкил туруоран көрдөрдүлэр. Түмуккэ Иван Мигалкин суруйбут хоһоонугар «Бибилэтиэкэр кыргыттар» диэн ырыаны иһитиннэрдилэр.