Рубрика: <span>Новости</span>

Балаҕан ыйын 27 күнэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнэ.

 1990 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр М. Е. Николаев салайааччылаах ХХII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэт Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сүбэрэнитиэтин Декларациятын ылыммыта. Дьоһун докумуон Саха сирин Арассыыйа Федерациятын састаабыгар судаарыстыба быһыытынан биллэрбитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин саҥа Конституциятын (Төрүт Сокуонун) оҥорууга, өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнин дуоһунаһын олохтуурга, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ диэн ааттанарга төрүөт буолбута. Балаҕан ыйын 27 күнүгэр …

«Сунтаар — ытык алаһам» Сунтаар улууһун күнэ ыытылынна.

Балаҕан ыйын 21 күнүгэр Григорий Саввинов аатынан култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар «Сунтаар — ытык алаһам» Сунтаар улууһун күнэ ыытылынна. Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ «Аһаҕас халлаан анныгар бибилэтиэкэ» тэрийдилэр. Оҕолорго анаан «Ньургуһун» литературнай түмсүү — оҕолорго» диэн кинигэ быыстапката турда. «Мүнүүтэҕэ ааҕыы» күрэскэ оҕолор кинигэ быыстапкатыттан олохтоох ааптардар айымньыларыттан быһа тардан …

«Ньургуһун» литературнай түмсүү тэриллибитэ 50 сылын чэрчитинэн көрсүһүү.

  Балаҕан ыйын 16 күнүгэр «Ньургуһун»  литературнай түмсүү тэриллибитэ 50 сылын чэрчитинэн Сунтаaр Вл. Павлов аатынан алын сүһүөх оскуолатын 4 «а» кылааһын үөрэнээччилэрэ олохтоох ааптар Зинаида Дмитриевна Федотова — Дьол Кыымын кытары көрсүстүлэр. Олус истиҥ, иһирэх көрсүһүү буолан ааста.     Зинаида Дмитриевна оҕолорго айар үлэнэн хаһааҥҥыттан дьарыктаммытын, бастакы кинигэтэ хаһан бэчээттэнэн …

«Ньургуһун» литературнай түмсүү — оҕолорго»

Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Саха норуотун бэйиэтэ Л. А. Попов аатынан «Сунтаар миигин ыҥырар — 2022» улуустааҕы «Ньургуһун» литературнай түмсүү тэриллибитэ 50 сылыгар анаан куйаар ситимин нөҥүө «Ньургуһун» литературнай түмсүү — оҕолорго» диэн бибилэтиэчинэй уруок ыытылынна.Биир дойдулаахпыт поэт, прозаик, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Саха народнай поэта Иван Гоголев — Кындыл …

8 июля — День семьи, любви и верности.Об акции «Лето с книгой».

8 июля – в России отмечается День семьи, любви и верности — один из самых важных праздников не только для страны, но и для всех ее жителей. Этот праздник появился благодаря Муромскому князю Петру и его жене Февронии, которые жили в XIII веке. Специально к этому дню в нашей Детской …