Балаҕан ыйын 27 күнэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнэ.

Балаҕан ыйын 27 күнэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнэ.

 1990 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр М. Е. Николаев салайааччылаах ХХII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэт Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сүбэрэнитиэтин Декларациятын ылыммыта. Дьоһун докумуон Саха сирин Арассыыйа Федерациятын састаабыгар судаарыстыба быһыытынан биллэрбитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин саҥа Конституциятын (Төрүт Сокуонун) оҥорууга, өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнин дуоһунаһын олохтуурга, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ диэн ааттанарга төрүөт буолбута.

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтигэр Сунтаар В.Г.Павлов аатынан алын сүһүөх оскуолатын 4 «а» кылааһын үөрэнээччилэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүгэр аналлаах «Мин дойдум — Саха сирэ» бибилэтиэчинэй уруок ыытылынна.
       «Үүнэ, сайда тур, Сахам сирэ» кинигэ быыстапката турда.
     Бибилэтиэкэр Спирова М. Е. Саха Өрөспүүбүлүкэтин гербэтин, былааҕын, гимнин историяларын, хас улуус баарын, Саха сирин президеннэрин оҕолорго кэпсээтэ.
  Уруок түмүгэр ыытыллыбыт биктэриинэҕэ үөрэнээччилэр көхтөөхтүк кытыннылар.
   Хас биирдии оҕо төрөөбүт дойдутун историятын туһунан эбии билии иҥэриннэ.