«Сунтаар — ытык алаһам» Сунтаар улууһун күнэ ыытылынна.

«Сунтаар — ытык алаһам» Сунтаар улууһун күнэ ыытылынна.

Балаҕан ыйын 21 күнүгэр Григорий Саввинов аатынан култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар «Сунтаар — ытык алаһам» Сунтаар улууһун күнэ ыытылынна.

Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ «Аһаҕас халлаан анныгар бибилэтиэкэ» тэрийдилэр.

Оҕолорго анаан «Ньургуһун» литературнай түмсүү — оҕолорго» диэн кинигэ быыстапката турда. «Мүнүүтэҕэ ааҕыы» күрэскэ оҕолор кинигэ быыстапкатыттан олохтоох ааптардар айымньыларыттан быһа тардан аахтылар.

Арааһынай остуол оонньууларыгар көхтөөхтүк, сэҥээрэн оонньоотулар. Тэрээһинтэн оҕолор элбэҕи билэн — көрөн дуоһуйа сынньаннылар.