«Ньургуһун» литературнай түмсүү тэриллибитэ 50 сылын чэрчитинэн көрсүһүү.

«Ньургуһун» литературнай түмсүү тэриллибитэ 50 сылын чэрчитинэн көрсүһүү.

  Балаҕан ыйын 16 күнүгэр «Ньургуһун»  литературнай түмсүү тэриллибитэ 50 сылын чэрчитинэн Сунтаaр Вл. Павлов аатынан алын сүһүөх оскуолатын 4 «а» кылааһын үөрэнээччилэрэ олохтоох ааптар Зинаида Дмитриевна Федотова — Дьол Кыымын кытары көрсүстүлэр.

Олус истиҥ, иһирэх көрсүһүү буолан ааста.

    Зинаида Дмитриевна оҕолорго айар үлэнэн хаһааҥҥыттан дьарыктаммытын, бастакы кинигэтэ хаһан бэчээттэнэн тахсыбытын кэпсээтэ. Айар үлэтигэр сыһыаннаах уонна да атын оҕолор ыйытыыларыгар эппиэттээтэ.

    Түмүккэ, Зинаида Дмитриевна оҕолорго анаан суруйбут «Омуннаах — төлөннөөх оройунан көрбүт Онтуоска уолчаан» кинигэтин бэлэх уунна.