Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылын чэрчитинэн, Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтигэр алтынньы ый 23 күнүгэр “Күөрэгэй” түмсүү төрөппүттэргэ аналлаах “Что дает ребенку знание родного языка” диэн кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.
Сунтаарга «Күөрэгэй» хамсааһын номнуо иккис сылын үлэлиир. Салааны эдэр ийэ, саха тылын учуутала идэлээх Афанасьева Сардаана Афанасьевна салайар. Кини бэйэтин аттыгар эмиэ бэйэтин курдук көрүүлээх, оҕолорун сахалыы эйгэҕэ иитиэн баҕалаах ийэлэри түмэн араас тэрээһиннэри, көрсүһүүлэри тэрийэллэр. Ол курдук, «Хомоҕой тыллаахтарга» өрөспүүбүлүкэ таһымнаах хоһоон күрэһин, «Саха тылын бэстибээлин» Анатолий Бурнашев ыалдьыттаах улахан тэрээһини иилээн-саҕалаан ыыппыта.
Сардаана Афанасьевна «ытыс саҕа» кинигэ төрөппүттэргэ оҕону төрөөбүт тылынан саҥардарга туһуламмытын бэлиэтээтэ уонна «Күөрэгэй» хамсааһын үлэтин туһунан билиһиннэрдэ. Бу кинигэни уһуйааннарынан, төрүүр дьиэлэринэн, оскуола, олохтоох библиотекаларынан, общественнай түмсүүлэринэн тарҕаныахтара диэн иһитиннэрдэ. Кинигэ сүрэхтэниитигэр кэлбит хас биирдии ыалдьыт бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр, оҕолорго аналлаах кинигэлэр өссө да күн сирин көрөн ааҕааччы сэҥээриитин ыллыннар диэн баҕа санааларын эттилэр.