Интэриэһинэй дьарыктаах ийэлэр.

Интэриэһинэй дьарыктаах ийэлэр.

Бастакы президеммит Михаил Ефимович Николаев төрөппүт  ийэтин  ытыктаан  туран,  Россияҕа бастакынан Саха сиригэр  1993  сыллаахха   Ийэ  күнүн бэлиэтииргэ  биллэрбитэ.

Бу күннэргэ Өрөспүүбүлүкэбитигэр Ийэҕэ аналлаах араас тэрээһиннэр   ыытылла тураллар.

Ол чэрчитинэн, бүгүн алтынньы 24 күнүгэр Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтигэр интэриэһинэй дьарыктаах ийэлэри кытары көрсүһүү олус сэргэхтик ааста. Күндү ыалдьыттарбыт элбэх оҕолоох ыал тапталлаах күн күбэй ийэлэрэ Саргылаана Петровна Петрова уонна Светлана Юрьевна Артемьева. Көрсүһүүгэ Сунтаар 1 №-дээх оскуолатын 8 “а” кылааһын үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар.

Саргылана Петровна валяниенан араас кыыллары, көтөрдөрү, остуоруйа геройдарын оҥорорун кэпсээтэ. Ону таһынан иллэҥ кэмигэр Саргылана сири-дойдуну көрөн күүлэйдиирин, балыктыырын олус сөбүлүүрүн туһунан кэпсээтэ. Кини чуолаан хайалаах сирдэргэ сөбүлээн сылдьарын кэпсээтэ, элбэх хаартыскалары оҕолорго көрдөрдө. Оҕолор араас хайалаах сирдэр баалларын биллилэр уонна олус сэргээн элбэх боппуруостары биэрдилэр.

Светлана Юрьевна илиитигэр талба талааннаах буолан уруһуйдуур, ботаническай рельеф техникатынан гипсовай панно оҥорор эбит. Кини маннык техниканан паннону хайдах оҥорору кэпсээтэ, ону оҥорорго туох матырыйаалы уонна хайдах тэриллэри туттарын көрдөрдө.

Көрсүһүүгэ ийэлэр бэйэлэрин үлэлэрин илдьэ кэлэн быыстапкаҕа уурдулар.

Бу тэрээһинтэн үөрэнээччилэр астыннылар, элбэҕи биллилэр-көрдүлэр.