Рубрика: <span>Новости</span>

«Оҕо суруйааччытын таай» оҕолорго биктэриинэ.

Күндү оҕолор уонна убаастабыллаах төрөппүттэр! Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтэ эһиэхэ анаан «Оҕо суруйааччытын таай» биктэриинэ бэлэмнээтэ. Сынньалаҥ кэмҥитигэр биктэриинэни ааһыҥ, билиигитин тургутуҥ диэн ыҥырабыт! Бу сигэни баттааҥ: https://onlinetestpad.com/tpossbguctm5u

Үтүөнү, сырдыгы тарҕатан!

Ахсынньы 4 күнүгэр, Сунтаар оройуонун бибилэтиэкэтигэр оҕо салаата арыллыбыта 75, Оҕо бибилэтиэкэтэ тэриллибитэ 70 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн  үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээтибит. “Партизан” норуот айымньытын театрализованнай киинигэр оҕолор тоҕуоруһа муһуннулар. Сунтаар нэҺилиэгин оҕо уһуйааннарын уонна Н. Радионова аатынан  оҕо дьоҕурун сайыннарар киин үлэһиттэрэ оҕону сайыннарар араас ньымалаах оонньуулары тэрийэн ыыттылар. Бэлиэ күн …

Олоҥхо күнэ «Кыталык» оҕо уһуйааныгар

Олоҥхо – норуот тылынан уус–уран  айымньытын чыпчаала. 2005  сыл сэтинньи 25 күнүгэр ЮНЕСКО быһаарыытынан киһи-аймах духуобунай култууратын шедеврин быһыытынан ааттаммыта. Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ  “Кыталык” уһуйаан иитээччилэригэр “Олоҥхо эйгэтэ” бибилэтиэчинэй уруок ыыттылар.     Кылаабынай бибилэтиэкэр Марфа Спирова олоҥхоҕо үс дойду ойууланарын оҕолорго кэпсээтэ. Оҕолор үөһээ дойду үрдүк …

«Саҥа дьыллааҕы остуоруйа»  өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэнинэн айан суруйуу күрэх түмүгэ таҕыста.

2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Сунтаар улууһугар Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылларынан  Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтэ тэриллибитэ 70 сылын  чэрчитинэн, Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтэ уонна Сунтаардааҕы оҕо ускуустубатын оскуолата тэрийэн ыыппыт «Саҥа дьыллааҕы остуоруйа»  өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэнинэн айан суруйуу  күрэх түмүгэ таҕыста. Бу күрэххэ  дьиэ кэргэнинэн кытыннылар.  Дьүүллүүр сүбэ …

“Долгун” радиоҕа литературнай биэрии.

Алтынньы 21 күнүгэр олохтоох “Долгун” радиоҕа буойун суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар аналлаах  литературнай биэрии  эфиргэ таҕыста. Биэриигэ Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтин иһинэн үлэлиир “Татыйык” литературнай түмсүү оҕолоро, Сунтаар Владимир Павлов аатынан алын сүһүөх оскуолатын 2 “а” кылааһын үөрэнээччилэрэ (кыл.сал. Аммосова Л. С.) Тимофей Сметанин “Куоскалар уонна саһыл”, “Саллаат сүрэҕэ”, …