Олоҥхо – норуот тылынан уус–уран айымньытын чыпчаала. 2005 сыл сэтинньи 25 күнүгэр ЮНЕСКО быһаарыытынан киһи-аймах духуобунай култууратын шедеврин быһыытынан ааттаммыта. Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ “Кыталык” уһуйаан иитээччилэригэр “Олоҥхо эйгэтэ” бибилэтиэчинэй уруок ыыттылар. Кылаабынай бибилэтиэкэр Марфа Спирова олоҥхоҕо үс дойду ойууланарын оҕолорго кэпсээтэ. Оҕолор үөһээ дойду үрдүк айыылара күүстээх бухатыыры түһэрэллэрин, Ньургун Боотур орто дойду дьонун көмүскээн, аллараа дойду абааһыларын кытта охсуһан кыайарын онтон олоҥхо бүтүүтүгэр орто дойду дьоно үөрэн ыһыах ыһалларын туһунан иһиттилэр. Сүрүннүүр библиограф Светлана Иванова Е. П. Чехордуна “Олоҥхо дойдута” кинигэтинэн ойуулук оҥорбутун олус сэргээн көрдүлэр. Светлана Дмитриевна бэйэтэ баайбыт куукулаларын быыстапкатын туруорда.