Үтүөнү, сырдыгы тарҕатан!

Үтүөнү, сырдыгы тарҕатан!

Ахсынньы 4 күнүгэр, Сунтаар оройуонун бибилэтиэкэтигэр оҕо салаата арыллыбыта 75, Оҕо бибилэтиэкэтэ тэриллибитэ 70 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн  үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээтибит.

“Партизан” норуот айымньытын театрализованнай киинигэр оҕолор тоҕуоруһа муһуннулар.

Сунтаар нэҺилиэгин оҕо уһуйааннарын уонна Н. Радионова аатынан  оҕо дьоҕурун сайыннарар киин үлэһиттэрэ оҕону сайыннарар араас ньымалаах оонньуулары тэрийэн ыыттылар.

Бэлиэ күн үөрүүлээх чааһыгар улуус баһылыгын экономикаҕа уонна стратегическай бэлиитикэҕэ солбуйааччы Борис Серафимович Васильев  элбэх оҕону хабан, айымньылаахтык үлэлии сылдьар оҕо  бибилэтиэкэтин  үлэһиттэрин  үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээтэ.

Өр сылларга үтүө суобастаахтык эҥкилэ суох үлэлээбит, үлэни өрө туппут, билиини кинигэ нөҥүө тарҕатан үлэлээбит коллегаларбытын, ытык мааны бэтэрээннэрбитин уонна билигин үлэлии сылдьар үлэһиттэрбитин чиэстээтибит.

Бибилэтиэкэҕэ күннэтэ саҥаны-сонуну билиэн-көрүөн баҕалаах, кинигэни умсугуйан, сөбүлээн ааҕар, холобурга сылдьар бастыҥ ааҕааччыларбытыгар анал ааттары туттардыбыт.  Ол курдук:

«Бастыҥ ааҕааччы»

1. Борисова Айыллаана, Сунтаар А. Павлов аатынан №1-дээх оскуолатын  5 «б» кыл. үөрэнээччитэ

2. Саввинов Аян, 4 «б» кл. Сунтаар В. Г. Павлов аатынан алын сүһүөх оскуолатын 4 «б» кыл. үөрэнэээччитэ

3. Никифорова Алина, Сунтаар  А. Павлов аатынан  №1-дээх оскуолатын    10 «б» кыл. үөрэнээччитэ 

“Бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэн” аат Михаил Михайлович, Евгения Олеговна Слюсарь  дьиэ кэргэннэрэ, оҕолоро Витя, Даниил, Анжелика

 “Бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэн“ — Руслан Николаевич, Мария Витальевна  Саввиновтар дьиэ кэргэннэрэ, оҕолоро Авелина, Асель, Альмира, Азалия

«Бастыҥ ааҕар кылаас» Сунтаар В. Г. Павлов аатынан алын сүһүөх оскуолатын  2 “а” кылааһа , кыл.сал. Аммосова Людмила Саввична

«Актыыбынай дьиэ кэргэн» Алексей Борисович, Надежда Алексеевна Никитиннэр дьиэ кэргэннэрэ оҕолоро  Дайаана, Сандаара

“Ааҕыыга уһуйааччы” аат  Ирина Семеновна Гуринова

 «Ааҕыыга уһуйааччы» — Александра Алексеевна  Гаврильева

«Актыыбынай оскуола» — Сунтаар А. Павлов аатынан 1 №-дээх орто оскуолата, директор Матвеев Афанасий Спиридонович

Биһиги үөрүүбүтүн тэҥҥэ үллэстэ, ыалдьыттыы, эҕэрдэлии кэлэ сырыттылар – Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын салалтатыттан Конобулова С.В., Сунтаар нэһилиэгин баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Николаев С. А., Леонид Андреевич Попов аатынан Сунтаардааҕы киин библиотека салайааччыта Жиркова И.И., Сунтаар улууһун култууратын үлэһиттэрин профсоюһун бэрэссэдээтэлэ Макарова Ж.П., Сунтаардааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын директора Степанов А. К., үөрэҕирии салаатын специалиһа Александрова Д.В., оскуола бибилэтиэкэрдэрэ, Сунтаар алын сүһүөх оскуолатын учууталлара уонна Сунтаар нэһилиэгин оҕо уһуйаанын салайааччылара.

Кэлбит кырачаан ыалдьыттарбытыгар минньигэс сюрприз спонсордаабыт “Татыйыына” фирма салайааччытыгар Герасимова Н. П. уонна ”Корона” фирма салайааччытыгар Львова Н.Г.  махтанабыт.

Дьоро күммүтүгэр кэлэн ыалдьыт буолбут, тэрээһиннэргэ кыттыбыт ааҕааччыларбытыгар, коллегаларбытыгар, тэрилтэ салайааччыларыгар, учууталларга истиҥ махталбытын тиэрдэбит.