«Ньургуһун» литературнай түмсүү — оҕолорго»

«Ньургуһун» литературнай түмсүү — оҕолорго»

Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Саха норуотун бэйиэтэ Л. А. Попов аатынан «Сунтаар миигин ыҥырар — 2022» улуустааҕы «Ньургуһун» литературнай түмсүү тэриллибитэ 50 сылыгар анаан куйаар ситимин нөҥүө «Ньургуһун» литературнай түмсүү — оҕолорго» диэн бибилэтиэчинэй уруок ыытылынна.
Биир дойдулаахпыт поэт, прозаик, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Саха народнай поэта Иван Гоголев — Кындыл аатынан бириэмийэ лауреата, «Күрүлгэн» сурунаал, «Кыым» хаһыат литературнай сыһыарыытын кылаабынай редактора, «Ньургуһун» литературнай түмсүү чилиэнэ Афанасий Гаврильевич Гуринов — Арчылан Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтин иһинэн үлэлиир «Татыйык» литературнай түмсүү оҕолорун кытары көрсүстэ.
Афанасий Гаврильевич оҕолорго оскуолаҕа үөрэммит кэмнэрин кэпсээтэ, суруйбут кинигэлэрин билиһиннэрдэ, оҕолорго тэрийбит күрэҕин кыайыылаахтарын видео-анимацияларын көрдөрөн, оҕолор сэҥээриилэрин ылла. Суруйааччы ыйытыгар сөпкө эппиэттээн Константинов Дима өйдөбүнньүк суруктаах саҥа тахсыбыт кинигэтин бэлэх тутта. 
Оҕолор Афанасий Гаврильевичка бэйэлэрин интэриэһиргиир ыйытыктарын биэрдилэр, махталларын биллэрдилэр.