«Сунтааргын бил – көр» бырайыак чэрчитинэн ахсынньы 10 – 13 куннэригэр Сунтаардааҕы алын кылаас оскуолатын үөрэнээччилэригэр “Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтэ тэриллибитэ 70 сыла“ диэн тиэмэҕэ видеоурок буолан ааста. Сүрүннүүр библиограф Иванова С.Д. кылгастык оҕо бибилэтиэкэтин историятын билиһиннэрдэ. Оҕолор оҕо бибилэтиэкэтэ 4 сиргэ үлэлээбитин уонна онно оҕо сылдьан аахпыт ааҕааччылар бибилэтиэкэ туһунан истин ахтыыларын сэргээн иһиттилэр, билэр дьоннорун көрөн үөрдүлэр. Кылаас салайааччылара Партизанская №37 турбут бибилэтиэкэҕэ «Таҥха киэһэтэ» диэн театрализованнай уруок буолбутун уонна ветеран үлэһиттэри Григорьева Евдокия Платоновнаны, Михайлова Анастасия Ивановнаны олус үчүгэйдик оонньообуттара диэн истиҥник санаатылар. Новикова Г.В., Данилова Е. П. кыра сылдьан оҕо бибилэтиэкэтигэр сылдьыбыт түгэннэриттэн кэпсээтилэр.