Улуу Сталинград кыргыһыытын 80 сыла

Улуу Сталинград кыргыһыытын 80 сыла

Сунтаардааҕы оҕо библиотекатыгар олунньу 1-2 күннэригэр Сунтаар бастакы нүөмэрдээх оскуолатын, гимназия 5, 8, 10 кылаас үөрэнээччилэригэр Сталинградтааҕы улуу кыргыһыы 80 сылыгар анаан байыаннай-патриотическай уруоктар ыытылыннылар. Дьыллар-күннэр ааһан истэхтэрин ахсын Ийэ дойдуларын көмүскээн бэйэлэрин толук ууран, хааннарын тоҕон, эттэрин -сииннэрин сэймэктэтэн сэриилэспит патриот буойуннар тустарынан, Сталинград куорат олохтоохторо куораттарын хайдах көмүскээбиттэрин туһунан иһиттилэр. Саха сириттэн бу улуу кыргыһыыга 855 киһи кыттыыны ылбыттарын туһунан кинигэлэртэн биллилэр. Маны таһынан Гвардия ыстаарсай лейтенана Мелетий Аввакумович Кыһыл сулус, Аҕа дойду сэриитин 1 степеннээх орденнаах, «Сталинград оборонатын иһин» уонна «1941-45 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбытын иьин» мэтээллэрдээх Сунтаардааҕы компартия ситимигэр, 1960 сылтан Сунтаар оройуонун сэбиэтигэр былаанныыр отдел начаалынньыгынан 15 сыл устата, СПТУ-23 училищеҕа преподавателинэн, байыаннай кабинеты тэрийэн, байыаннай бэлэмнэниини предмет быһыытынан киллэрии бастакы саҕалааһынын оҥорбут биир дойдулаахпыт, Сунтаар сэлиэнньэтин олохтооҕун туһунан сиһилии бэсиэдэни олус интэриэһиргээн иһиттилэр.

Суруйда библиограф Иванова С. Д.