Тохсунньу 27 күнүгэр 1944 сыллаахха Ленинград куорат фашист блокадатыттан босхоломмут күнэ. Устуоруйаҕа биллэринэн блокада 1941 сыл балаҕан ыйын 8 күнүттэн саҕалаан барыта 872 түүннээх күн салҕаммыта.
Ленинград олохтоохторо төһөлөөх ыараханы, өлүүнү — сүтүүнү ааспыттарын киһи эрэ ытырыктата саныыр.
Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтигэр «Блокада ыар сыллара» диэн Сунтаар №1-дээх оскуолатын 6, 7 кылааһын үөрэнээччилэригэр өйдөбүнньүк уруок ыытылынна. Библиотекарь Марфа Спирова үөрэнээччилэргэ Ленинград кыргыһыытын, блокадаҕа дьон, хайдах эрэйи көрбүтүн билиһиннэрдэ, «Дорога жизни» диэн ааттаммыт Ладога күөл устун тардыллыбыт кыһыҥҥы суол туһунан кэпсээтэ.
Библиограф Римма Павлова Ленинградтааҕы А. Н. Островскай аатынан театральнай институтка үөрэммит саха студеннара блокадаҕа ыарахан олохторун туһунан кэпсээтэ. Үөрэнээччилэр Ленинград оборуонатыгар сылдьыбыт саха сирин буойуттарын ахтыыларын сэргээн иһиттилэр.
872 күн Ленинградецтар фашистарга бэриммэтэхтэрэ. Ол курдук кинилэр куорат иһин кырдьаҕастыын, оҕолуун охсуспуттара. 1945 сыл тохсунньу 26 күнүгэр Герой куорат аатын иҥэрбиттэрэ.