Рубрика: <span>Новости</span>

Бэс ыйын 1 күнэ — Оҕо көмүскэлин күнэ.

Бэс ыйын 1 күнэ — Оҕо көмүскэлин күнэ. Оҕо Аан дойдутааҕы көмүскэлин күнүгэр «Алмаас» стадиоҥҥа Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ Улуу нуучча суруйааччыта А. С. Пушкин төрөөбүтэ 225 сылыгар аналлаах биктэриинэлэри, оонньуулары, мүнүүтэҕэ ааҕыыны тэрийэн ыыттылар. Оҕолор оонньоон — көрүлээн, элбэх бириис ылан үөрдүлэр. 

Сунтаар улууһугар Төрөөбүт тыл сылын чэрчитинэн Сунтаардааҕы оҕо библиотекатыгар тэрээһин ыытылынна.

Сунтаардааҕы оҕо библиотекатыгар олунньу 17 күнүгэр Сунтаар улууһугар Төрөөбүт тыл сылын чэрчитинэн, Төрөөбүт тыл уонна сурук — бичик күнүгэр аналлаах тэрээһин буолан ааста. Сунтаар алын сүһүөх оскуолатын бастакы, иккис, уһус, төрдүс кылааһын үөрэнээччилэригэр библиограф Иванова С. Д. лингвист С.А. Новгородов олоҕун, саха норуотун туһугар оҥорбут үтүөтүн туһунан билиһиннэрдэ. Үөрэнээчилэр суруйааччы Софрон Данилов …

Сунтаар санаторнай — интэринээт оскуолатын үөрэнээччилэригэр Төрөөбүт тыл уонна сурук — бичик күнүгэр аналлаах тэрээһин.

   Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ Сунтаар санаторнай — интэринээт оскуолатын үөрэнээччилэригэр Төрөөбүт тыл уонна сурук — бичик күнүгэр аналлаах тэрээһин ыыттылар. Оҕолорго С. А. Новгородов туһунан уонна Төрөөбүт тыл, сурук — бичик туһунан бэсиэдэни библиограф Иванова С. Д. кэпсээтэ. Култуура бэтэрээнэ, СӨ култууратын туйгуна Николаева Дина Васильевна айар үлэтин билиһиннэрдэ. …

Үгэлэр, чабырҕахтар, хоһооннор испииһэктэрэ.

Үгэлэр, чабырҕахтар, төрөөбүт тыл туһунан хоһооннор. Арассыыйаҕа Уһуйааччы уонна Аҕа сүбэһит, Өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ, улууска Төрөөбүт төрүт тыл сылларын чэрчитинэн Оҕо уһуйаанын иитээччилэригэр уонна оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго улуустааҕы норуот уус–уран айымньытын күрэһигэр көмө үгэлэр, чабырҕахтар, хоһооннор испииһэктэрэ. Үгэ 1. А. Саввин – Күн Дьирибинэ «Көбүөхтүүрүн аанньа күөх киһиргэс» / Оҕо …