Доруобуйаларынан хааччахтаммыт дьон декадатын чэрчитинэн Үтүө дьыала ааксыйаҕа кыттыстыбыт.
Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ Сунтаар улууһугар ыытылла турар доруобуйаларынан хааччахтаммыт дьон декадатын чэрчитинэн Үтүө дьыала ааксыйаҕа кыттыстыбыт. Ол курдук,ахсынньы 7 күнүгэр Сунтаардааҕы коррекционнай оскуола үөрэнээччилэригэр Саха норуодунай суруйааччыта, поэт, прозаик, тылбаасчыт, суруналыыс, РФ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Семён Титович Руфов төрөөбүтэ 95 сылыгар бибилэтиэчинэй уруок ыытылынна. Оҕолор суруйааччы олоҕун, айымньылаах үлэтин …