Олоҥхо дойдутугар айан

Олоҥхо дойдутугар айан

Олоҥхо декадатын чэрчитинэн, Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ Сунтаар В.Г.Павлов аатынан алын сүһүөх оскуолатын 1 «г», «д», Сунтаар 1 №-дээх оскуолатын 2 кылааһын үөрэнээччилэригэр уонна Сунтаар санаторнай оскуола — интернат иитиллээччилэригэр «Олоҥхо дойдутугар айан» диэн бибилэтиэчинэй уруок ыыттылар.

  Оҕолор олоҥхо туһунан бэсиэдэни бэрт сэргээн иһиттилэр. Бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Е.П.Чехордуна » Олоҥхо дойдута» кинигэтинэн куукуланан оонньоон көрдөрдүлэр.

   «Олоҥхо дойдутугар» кинигэ быыстапката үөрэнээччилэр болҕомтолорун тарта. Түмүгэр оҕолор бэйэлэрэ олоҥхо кинигэлэрин сэргээн көрдүлэр.

Элбэх саҥаны биллилэр — көрдүлэр.

Суруйда кылаабынай бибилэтиэкэр Марфа Спирова.