Автор: <span>Мария Никифорова</span>

«Саҥа дьыллааҕы остуоруйа»  өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэнинэн айан суруйуу күрэх түмүгэ таҕыста.

2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Сунтаар улууһугар Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылларынан  Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтэ тэриллибитэ 70 сылын  чэрчитинэн, Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтэ уонна Сунтаардааҕы оҕо ускуустубатын оскуолата тэрийэн ыыппыт «Саҥа дьыллааҕы остуоруйа»  өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэнинэн айан суруйуу  күрэх түмүгэ таҕыста. Бу күрэххэ  дьиэ кэргэнинэн кытыннылар.  Дьүүллүүр сүбэ …

“Долгун” радиоҕа литературнай биэрии.

Алтынньы 21 күнүгэр олохтоох “Долгун” радиоҕа буойун суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар аналлаах  литературнай биэрии  эфиргэ таҕыста. Биэриигэ Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтин иһинэн үлэлиир “Татыйык” литературнай түмсүү оҕолоро, Сунтаар Владимир Павлов аатынан алын сүһүөх оскуолатын 2 “а” кылааһын үөрэнээччилэрэ (кыл.сал. Аммосова Л. С.) Тимофей Сметанин “Куоскалар уонна саһыл”, “Саллаат сүрэҕэ”, …

Сэтинньи 13 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенэ М. Е. Николаев төрөөбүт күнэ.

Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтигэр судаарыстыбаннай диэйэтэл, СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнүгэр аналлаах бибилэтиэчинэй уруок ыытылынна. Кылаабынай бибилэтиэкэр М.Спирова үөрэнээччилэргэ Михаил Николаев оҕо сааһын, Эдьигээн оскуолатыгар үөрэммит сылларын, Омскай куоракка тыа хаһаайыстыбатын  институтугар студеннаабытын  кэпсээтэ.  Үөрэнээччилэр Михаил Ефимович Николаев дойдутун уонна өрөспүүбүлүкэтин туһугар ис сүрэҕиттэн кыһаллар, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, төрөөбүт …

Сэтинньи ый – Байанай ыйа.

Сэтинньи 8 күнүгэр Сунтаар В. Г. Павлов аатынан алын сүһүөх оскуолатын 3 “г” кылааһын үөрэнээччилэригэр Байанай ыйыгар аналлаах бибилэтиэчинэй уруок ыытылынна. Сүрүннүүр бибилэтиэкэр Павлова Р. Н. өбүгэлэрбит биир сүрүн дьарыктарынан бултааһын буоларын, булчуттар үйэлэргэ олохсуйбут үгэһи, сиэри-туому тутуһалларын туһунан кэпсээтэ. Салгыы оҕо суруйааччыта Василий Тарабукин төрөөбүтэ  90 сылыгар анаан  кини …

Сунтаар нэһилиэгэ төрүттэммитэ 260 сылыгар аналлаах уруоктар.

Сэтинньи 8 күнүгэр, Сунтаар В. Г. Павлов аатынан алын сүһүөх оскуолатын үөрэнээччилэригэр Сунтаар нэһилиэгэ төрүттэммитэ 260 сылыгар аналлаах “Төрөөбүт дойдум Сунтаарым” диэн бибилэтиэчинэй уруоктар ыытылыннылар. Кылаабынай бибилэтиэкэр М. Е. Спирова Сунтаар нэһилиэгин былыргы историятын, нэһилиэк баһылыгын, нэһилиэнньэтин ахсаанын, уулуссаларын туһунан кэпсээтэ. 1950 сыллаахха И. Данилов “Сунтаар” диэн кинигэтигэр киирбит Сунтаар …