Сэтинньи ый – Байанай ыйа.

Сэтинньи ый – Байанай ыйа.

Сэтинньи 8 күнүгэр Сунтаар В. Г. Павлов аатынан алын сүһүөх оскуолатын 3 “г” кылааһын үөрэнээччилэригэр Байанай ыйыгар аналлаах бибилэтиэчинэй уруок ыытылынна.

Сүрүннүүр бибилэтиэкэр Павлова Р. Н. өбүгэлэрбит биир сүрүн дьарыктарынан бултааһын буоларын, булчуттар үйэлэргэ олохсуйбут үгэһи, сиэри-туому тутуһалларын туһунан кэпсээтэ. Салгыы оҕо суруйааччыта Василий Тарабукин төрөөбүтэ  90 сылыгар анаан  кини олоҕун, айар үлэтин билиһиннэрдэ. Василий Тарабукин суруйбут “Тиргэлээх көҕөн”, “Эһэ уонна маныыһыт”, “Оппоос мүччүргэннээх сырыылара” кинигэлэриттэн булт туһунан кэпсээннэри болҕойон иһиттилэр.

Уруок түмүгэр бибилэтиэкэр Тимофеева Л. А. бултка сыһыаннааах таабырыннары таайтарда, биктэриинэ ыытта. Оҕолор олүс көхтөөхтүк кытыннылар, булт туһунан элбэҕи билэн тарҕастылар.