«Саас илдьитэ — нарын ньургуһун » улуустааҕы уруһуй күрэҕэ түмүктэннэ.
Улуустааҕы «Ньургуһун» литературнай түмсүү тэриллибитэ 50 сылыгар аналлаах «Саас илдьитэ — нарын ньургуһун » улуустааҕы уруһуй күрэҕэ түмүктэннэ. Кыайыылааҕынан Сунтаар В. Г. Павлов аатынан алын сүһүөх оскуолатын 4 «д» кылааһын үөрэнээччитэ Потапова Алгыстаана ааттанна. Кыайыылаахтар грамотанан, бирииһинэн наҕараадаланнылар. Хас биирдии кыттааччыга туоһу сурук туттарылынна.