Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ Сунтаар улууһугар ыытылла турар доруобуйаларынан хааччахтаммыт дьон декадатын чэрчитинэн Үтүө дьыала ааксыйаҕа кыттыстыбыт.
Ол курдук,ахсынньы 7 күнүгэр Сунтаардааҕы коррекционнай оскуола үөрэнээччилэригэр Саха норуодунай суруйааччыта, поэт, прозаик, тылбаасчыт, суруналыыс, РФ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Семён Титович Руфов төрөөбүтэ 95 сылыгар бибилэтиэчинэй уруок ыытылынна.
Оҕолор суруйааччы олоҕун, айымньылаах үлэтин туһунан бэсиэдэ иһиттилэр.
Арассыыйа норуоттарын култуураларын нэһилиэстибэтин, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сылынан уонна тылбаасчыт, поэт Семён Руфов төрөөбүтэ 95 сылыгар анаан А. Михайлов — Юзыкайн «Үсүдүр» диэн марий норуот остуоруйатын Семен Руфов тылбааһыгар куукуланан остуоруйаны оҕолор олус сэргээн, интэриэһиргээн көрдүлэр.
Тэрээһин түмүгэр бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ оҕолорго бэлэх ууннубут.
Суруйда оҕо бибилэтиэкэтин кылаабынай бибилэтиэкэрэ Марфа Спирова