Олунньу 8 күнэ — фашизмы утары охсуспут герой оҕолор күннэрэ.

Олунньу 8 күнэ — фашизмы утары охсуспут герой оҕолор күннэрэ.

    Олунньу 8 күнэ — фашизмы утары охсуспут герой оҕолор күннэрэ.
       1964 сыллаахха ООН Ассамблеята бу күнү бэлиэтииргэ ылыммыта.
   Оҕо бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ Сунтаар №1-дээх орто оскуолатын 6-7 кылааһын үөрэнээччилэригэр «Фашизмы утары охсуспут герой оҕолор» диэн хорсун быһыы уруогун ыыттылар.
  Библиотекарь М. Спирова үөрэнээччилэргэ «фашизм» диэн тыл суолтатын быһаарда. Антифашист күнэ тоҕо бэлиэтэнэрин туһунан кэпсээтэ. Библиограф Р. Павлова Аҕа дойду Улуу сэриитигэр олохторун толук уурбут Сэбиэскэй Союз Геройун аатын ылбыт оҕолор тустарынан кэпсээтэ. Ол курдук герой — пионердар Лёня Голиков, Валя Котик, Зина Портнова, Марат Казей геройдуу быһыыларын үөрэнээччилэр олус интэриэһиргээн иһиттилэр.
    Төрөөбүт дойдуларыгар саба түспүт фашистскай талабырдьыттары утары хорсуннук охсуспут кыракый геройдар билиҥҥи көлүөнэ оҕолору үтүөҕэ — кэрэҕэ, хорсун быһыыга ыҥыра сылдьыахтара.