Бүгүн Оҕо бибилиэтиэкэтигэр «Баай Байанай ыйа» оҕолорго аналлаах тэрээһин буолла. Үтүөкэн үгэстээх, Сээркээн сэһэннээх, өттүк харалаах Баай Байанай бырааһынньыгар алын сүһүөх оскуолатын үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар. Оҕолор байанай алгыһын туһунан видеобэсиэдэ иһиттилэр, көрдүлэр. Ол кэннэ “Куобаҕы тап”, “БалыктааҺын”, «Кыраҕы харахтаах булчут» диэн оонньууларга көхтөөхтүк кытыннылар, таабырыннары таайдылар.