Алтынньы 21 күнүгэр М. И. Герасимов аатынан Сунтаар санаторнай оскуола-интернат үөрэнээччилэригэр Арассыыйа норуоттарын култууратын үйэлээх баайын сылын чэрчитинэн «Мир детских книг» тэрээһиҥҥэ Оҕо бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ ыҥырыылаах ыалдьыт буоллубут. Бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ оҕолорго, төрөппүттэргэ уонна учууталларга «Хотугу Кавказ норуоттара» диэн бэсиэдэ аахтылар, «Дьадаҥы киһи хайдах байбытай» адыгейскэй остуоруйанан куукула испэктээги көрдөрдүлэр. «Народы дружат книгами» кинигэ быыстапкатын билиһиннэрдилэр.
Түмүккэ оҕолор кылаастарынан күрэхтэһэн туруорбут остуоруйаларын көрдөрдүлэр. Ол курдук 1 кылаас үөрэнээччилэрэ буряттар остуоруйаларын «Храбрый козленок Бабана», 2 кылаас үөрэнээччилэрэ А. Аччыгыйа «Тоҕус төгүл тоҕо?» айымньытынан, 3 кылаас үөрэнээччилэрэ нуучча остуоруйатын «Курочка Ряба», онтон 4 кылаас үөрэнээччилэрэ «Шугаре» монголлар остуоруйаларынан сценкалары дьүүллүүр сүбэҕэ көрдөртөөтүлэр.