Саха АССР тэриллибитэ 100 сылынан,
Саха сиригэр Ийэ, Сунтаар улууһугар Дьиэ кэргэн сылларынан,
Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүгэр анаммыт
«Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕабыт»
улуустааҕы кэтэхтэн видеокүрэх түмүгэ
Тэрийээччи: Сунтаардааҕы Оҕо бибилэтиэкэтэ
Күрэх сыала-соруга:
1. Саха суруйааччыларын айымньыларын, хоһооннорун билиһиннэрии, сырдатыы.
2. Дорҕоонноохтук, чуолкайдык ааҕыыны көҕүлээһин.
3. Төрөөбүт тылга тапталы иҥэрии.
5. Дьиэ кэргэнинэн ааҕыыны өйөөһүн.
Күрэххэ Сунтаар улууһун дьиэ кэргэннэрэ, ол курдук Бордон, Куокуну, Элгээйи, Сунтаар нэһилиэктэриттэн кыттыыны ыллылар.
1 үрдэл –Андреевтар дьиэ кэргэннэрэ, Элгээйи.
2 үрдэл – Михайловтар дьиэ кэргэннэрэ, Сунтаар.
3 үрдэл –Сафоновтар дьиэ кэргэннэрэ, Элгээйи.
Кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит, ситиһиилэри баҕарабыт. Кыттыыны ылбыт дьиэ кэргэннэргэ туоһу сурук туттарыллар.