Сэргэх тэрээһин буолла.

Сэргэх тэрээһин буолла.

Алтынньы  8 күнүгэр Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтэ Сунтаар коррекционнай оскуолатыгар ыытыллар «Музыка нэдиэлэтигэр» кыттыыны ылла. Тэрээһин бастакы аҥарыгар НАТК «Партизан» режиссера Р. Р. Амонов «Музыка тыйаатырга уонна күннээҕи олоххо» диэн олус интэриэһинэй бэсиэдэни ыытта. Үөрүүлээх, хомолтолоох, түргэн, бытаан музыканы иһитиннэрдэ уонна оҕолортон ити истибит музыкаларыгар туох санаа киирэрин ыйыталаста. Оҕолор олус сөптөөх эппиэти биэрдилэр. Салгыы бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ С. Михалков «Үс сибиинньэ оҕолоро» диэн остуоруйаны куукуланан көрдөрдүлэр. Куукула испиктээкилэ бүгүҥҥү уратыта диэн аан бастаан музыка доҕуһуоллаах буолла. Испиктээкил музыкатын Роман Амонов оҥорон фонограмманан тыаһаппыта ураты көстүү уонна олус сэргэх буолла. Оҕолор олус сэргээтилэр, күллулэр, уөрдүлэр. Библиотека үлэһиттэрэ Роман Амоновка олус махтаннылар уонна инникитин да инник бииргэ сүбэлэһэн оҕолорго сэргэх тэрээһиннэри ыытарбыт буоллар диэн баҕа санааларын эттилэр.

                                                                                  Суруйда сүрүннүүр библиограф Иванова С. Д.