Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнэ

Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнэ

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2022 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр дьаһалынан от ыйын 8 күнэ — Дьиэ кэргэн , таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүнэн биллэрбитэ.
Бүгүн от ыйын 8 күнүгэр Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтигэр «Дьиэ кэргэн — истин иэйии дьол уйата.»- диэн бибилэтиэчинэй уруок ыытылынна. Бу тэрээһиҥҥэ Сунтаар нэһилиэгэр тэриллибит спортивнай лааҕыр оҕолоро кэхтээх кыттыыны ыллылар.
Дьиэ кэргэн сыаннастарын, төрүт үгэстэрин, көлүөнэлэр икки ардыларыгар, ытыктабыл олус суолталаах буолуохтааҕын туһунан билистилэр.
Дьиэ кэргэнинэн остуол оонньууларын оонньоотулар. Бүтэһигэр таабырын таайдылар, ыйытыкка эппиэттээтилэр.
Оҕолор олус астынан минньигэс приз ылан тарҕастылар.