Арассыыйаҕа Аҕа дойду Дьоруойдарын күнэ

Арассыыйаҕа Аҕа дойду Дьоруойдарын күнэ

Ахсынньы 9 күнүгэр Арассыыйаҕа Аҕа дойду Дьоруойдарын күнэ.

1769 с. кэминээҕи бу суолталаах күҥҥэ Екатерина II ыраахтааҕы Сибэтиэй Георгий уордьанын туттарбыт күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, 2007 сыллаахха “Арассыыйаҕа Албан аат уонна бэлиэ күн туһунан” Федеральнай сокуонунан Ахсынньы 9 күнэ – Арассыыйаҕа Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүнэн биллэриллибитэ. Бу бэлиэ күҥҥэ сөп түбэһиннэрэн, ахсынньы  10 күнүгэр  Сунтаардааҕы  гимназия оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччилэригэр Аҕа дойду дьоруойдарын күнүгэр аналлаах “Дьоруой уолаттарбыт”диэн  хорсун быһыы уруога ыытылынна. Кылаабынай бибилэтиэкэр Марфа Спирова анал байыаннай дьайыыга сылдьан дьоруой буолбут биир дойдулаахтарбыт Филипп Евсеев, Дмитрий Егоров оскуолаҕа үөрэммит сылларын, хорсун быһыыларын  кэпсээтэ. “Алеша” тааҥка экипаһа уһулуччу хорсун быһыыны көрдөрбүтүн туһунан оҕолор олус  сэргээтилэр.

 Оҕолор биир дойдулаахтарбыт хорсун быһыыларын туһунан киэн тутта иһиттилэр.