Сунтарская детская библиотека

ИСТОРИЯ

10 марта 1949 года на основании приказа №15 по культурному отделу райсовета был открыт детский отдел.  Заведующей была назначена Богоева Зоя Андреевна. К районной библиотеке сделали пристройку общей площадью 6х6м., где и разместился детский отдел. В то время заведующим отделом культуры работал Молунов Егор Николаевич. В разное время в детском отделе проработали Ногнорутов Дмитрий Михайлович, Решетникова Евгения Михайловна, Еремеева Анна Федоровна, Павлова Анна Васильевна. В те годы возрос интерес детей к книге, чтению, число читателей и книжный фонд  увеличились. 
В 1954 году детский отдел был реорганизован в детскую библиотеку. Заведующей была назначена Петрова Ирина Андреевна, библиотекарем работала Рыбникова Тамара Прокопьевна. В 1959 году Тамара Прокопьевна назначена заведующей. Она проработала в детской библиотеке 31 год. Работа с детьми стала более целенаправленной, информация доступной, дети подружились с библиографией. Составлены алфавитный, систематический, краеведческий каталоги по возрастному принципу. В этом большая заслуга М.Ф.Николаевой. В 1971 году Сунтарская детская библиотека добилась звания «Библиотека отличной работы» в республике.
С 1982 года заведующей была назначена Григорьева Евдокия Платоновна. Библиотекарями работали Иванова А.А., Мекумянова Г.Н., Михайлова А.И. В эти годы стали уделять большое внимание краеведческой работе. План работы составляли по родному якутскому календарю, наиболее интересным всегда оказывался декабрь месяц – Остуоруйа ыйа.
В последние годы стабильно работал коллектив: заведующая Павлова Р.Н., библиограф Иванова С.Д., библиотекари Павлова О.Н., Птицына З.И.. За года совместной работы заняли 1 место в смотре–конкурсе к 100-летию П.А.Ойунского и награждены медалью Ойунского. В год 50-летия Победы в в Великой Отечественной войны в смотре-конкурсе среди детских библиотек республики заняли 1 место и были награждены цветным телевизором.


Проект «Сунтааргын бил — көр».

Сунтаарга Оҕо библиотеката тэриллибитэ 70 сыла


1951с.- оройуоннаа5ы бибилэтиэкэ оҕо отделыгар бибилэтиэкэр

1959с.- Оҕо отделын (оройуоннааҕы бибилэтиэкэ иһинэн) сэбиэдиссэйэ

1976-1982 сс.- Оҕо бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ

Тамара Прокопьевна  Өлүөхүмэ оройуонугар  Малдьаҕар нэһилиэгэр дьадаҥы бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1927 с. Сунтаар оройуонугар көһөн кэлэн, Сунтаар орто оскуолатыгар 1931-1939сс. үөрэммитэ. 1941-44сс.  Бүлүү педучилищетыгар үөрэнэр. 1941-1950сс. Сунтаар сэлиэнньэтигэр детсад иитээччитинэн үлэлиир.  1951с.  оройуоннай бибилэтиэкэ иһинэн оҕо отдела аһыллыбытыгар библиотекарынан үлэлии киирэр. Оҕо бибилэтиэкэтин кэҥэтэр, хаҥатар, сайыннарар сыалтан  1951с. оҕо бибилэтиэкэринэн, онтон 1959 сылтан сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Бары кыаҕын, өйүн-санаатын эдэр көлүөнэҕэ анаан, 31 сыл устата оҕо бибилэтиэкэтигэр бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри үлэлээбитэ. 

Өр сыллааах үтүө суобастаах үлэтэ үрдүктүк сыаналанан “Аҕа дойду сэриитин кэмигэр 1941-45 сс килбиэннээх үлэтин иһин”, В. И. Ленин 100 сааһыгар  “Килбиэннээх үлэтин иһин”  мэтээллэринэн,  “ССРС культуратын туйгуна” знагынан наҕараадаламмыта.


1966 с.- Сунтаар оройуонун культуратын отделын инспекторынан ананар

1969- Сунтаар оройуоннай бибилэтиэкэтин аа5ар  саалатын сэбиэдиссэйэ

1982 -2004 сс.о5о бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ

1942 с. ыам ыйын 17 күнүгэр Сунтаар бөһүөлэгэр колхозтаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.1957 с.Сунтаар орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрэн, Дьокуускайдааҕы культурнай- сырдатар училище библиотечнай салаатыгар үөрэнэ киирэр.1959 с. үөрэҕин бүтэрэн ,Сунтаар оройуонун библиотекатыгар үлэтин саҕалыыр.1962-1966 сс. Улан- Үдэтээҕи культура институтун библиотечнай факультетыгар үөрэнэн бүтэрэн , Сунтаар оройуонун  культуратын отделын инспекторынан ананар. 1969 с. Сунтаар оройуоннай  бибилэтиэкэтин ааҕар саалатын сэбиэдиссэйинэн, 1982 с. оҕо бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйинэн 24 сыл үлэлиир. Кини үлэлиир кэмигэр оҕо бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ республикаҕа биир бастакынан социалистическай үлэ кыайыылаах коллективын аатын ылан, Саха АССР культуратын министерствотын Бочуотунай грамотанан уонна дипломунан наҕараадаламмыттара.

 Григорьева Е. П. тустаах үлэтин таһынан, активнай  общественник быһыытынан элбэх тэрийэр үлэҕэ кыттара. Культура үлэһиттэрин оройуоннаа5ы  профсоюзтарын казначейынан  20 сыл талыллан үлэлээбитэ.

  Ситиһиилээх  үлэтин иһин  Саха АССР  культуратын министерствотын, Райсовет Бочуотунай грамоталарынан, В. И. Ленин 100 сааһыгар ССКП  РК бочуотунай грамотанан ,  «Үлэ ветерана” мэтээлинэн  наҕараадаламмыта. 1989с. ССРС культуратын туйгуна аатын ылбыта.


Зинаида Ивановна 1974-1976 сс. Дьокуускайдааҕы культпросветучилище бибилэтиэкэр салаатыгар үөрэммитэ. Үөрэҕин бүтэрэн баран, Ленскэй оройуонун Орто Наахара нэһилиэгэр бибилэтиэкэринэн анаммыта. 1977-1980 сс. Куокунуга кулууп дириэктэринэн үлэлээбитэ. Онтон Сунтаар оройуоннай бибилэтиэкэтигэр салаа сэбиэдиссэйинэн, дириэктэр солбуйааччытынан, дириэктэринэн үлэлээбитэ. Кэлин үтүө суобастаахтык оҕону кытта үлэҕэ мэтэдьиистээбитэ. Үлэтин таһынан көхтөөх уопсастыбанньык быһыытынан биллэрэр. Кини Сунтаар нэһилиэгин сэбиэтин дьокутааынан икки болдьоххо талыллыбыта, Сунтаарга норуодунай суукка сэтээтэллээбитэ, быыбар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.

Зинаида Ивановна 2003 с. Владимир Павлов аатынан Сунтаардаады алын сүһүөх оскуолатын үөрэнээччилэригэр «Чугдаар чуорааннар» литературнай кулуубу тэрийбитэ. Олохтоох «Долгун» араадьыйаннан бибилэтиэкэ сонуннарын, суруйааччылар үбүлүөйдэригэр аналлаах бэсиэдэлэри, литературнай биэриилэри тиһигин быспакка эфиргэ тахсан кэпсиирэ.